РС (Якутия), Намский у., с. Харыялах, ул. Набережная, д. 14/1

Кобяконская сельская библиотека

Книги — это мудрость, запечатленная в словах, открывающая двери в бескрайний мир знаний.

Добро пожаловать в нашу библиотеку, где каждая страница — это новое приключение, а каждая строка — ключ к пониманию бескрайних граней жизни.

Тохсунньу 20 күнэ — буойун суруйааччы Архип Георгиевич Кудрин — Абаҕыыныскай төрөөбүт күнэ

Архип Георгиевич Кудрин – Абаҕыыныскай

(1907 — 1960)

 Буойун суруйааччы, бэйиэт, тылбаасчыт Архип Георгиевич Кудрин – Абаҕыыныскай тохсунньу 20 күнүгэр – төрөөбүтэ 118 сыла.

  Олоҕун суола. 1907 сыллаахха тохсунньу 20 күнүгэр Өлүөхүмэ улууһун Абаҕа нэһилиэгэр дьадаҥы дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт. Абаҕа алта кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран, Дьокуускайдааҕы педтехникумҥа, онтон Иркутскайдааҕы педагогическай институкка үөрэммитэ. Кэккэ сылларга учууталынан, “Эдэр бассабыык”, “Бэлэм буол” хаһыаттар эрэдээксийэлэригэр, Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар, өрөспүүбүлүкэ араадьыйанан биэриитин кэмитиэтигэр уонна Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын эппиэттээх сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. 1960 с. балаҕан ыйын 22 күнүгэр өлбүтэ.

Сэрии хонуутугар. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Сэбиэскэй Сойуус илиҥҥи кыраныыссатыгар милитаристскай Японияны утары сэриилэспитэ. “1945с. сайын от ыйыгар сулууспалыыр полкабытын кыраныыссаны кэрийтэрэ ый устата ыыппыттара, онно мин ыран, ыалдьан полевой госпитальга киирэн хаалбытым” диэн ахтыыта баар.

  Наҕараадалара, аата – суола

  • 1938 с. ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.
  • Өлүөхүмэ оройуонун Абаҕа орто оскуолата кини аатын сүгэр. Уонна бэйиэт мусуой дьиэтэ үлэлиир.

  Айар үлэтэ

  • Саха поэзиятыгар Илиҥҥи сэрии тиэмэтин кыайа- хото тутан киллэрбит бэйиэтинэн биллэр.

  Сэрии туһунан сүрүн айымньылара, кинигэлэрэ.

  • Кытаат, саллаат! Хоһоон.
  • Өйдөбүнньүк. Хоһоон.
  • Эргиллэн кэлии. Хоһоон.
  • Ийэ дойду иһин. Хоһоон.
  • Туора сир. Хоһоон.
  • Көһүппүт кэммит кэллэ. Хоһоон.