- 01.01.2026
- 66
- нет
Тохсунньу ый — Таҥха Хаан ыйа.
Айыы итэҕэлинэн тохсунньу – Таҥха Хаан ыйа. Оттон Таҥха Хаан дьылҕа таҥарата буолар. Таҥха диэн Айыы таҥмыта барыта ааттанар. Айылҕа барыта таҥыллан турар. Ол таҥыллыбытынан биир кэм турбат: мэлдьи таҥыллар, таҥастанар. Киһи эмиэ айылҕаттан таҥыллан үөскүүр.

Бу ыйы былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Хотугу сахалар хараҥа ый диэн ааттыыллар. Тохсунньу ый түүнэ уһун, күнүһэ кылгас. Аан-даан тымныы түһэр. Хараҥа бүрүүкүүр. Дьон хараҥа оройугар, дьыл быыһыгар бит-билгэ көбөр диэн итэҕэйэллэр. Онон таҥхаланыы диэн үөскээбит. Тохсунньу ыйга сааһы уонна сайыны билгэлииллэр. Бу ыйы от ыйа батыһар. Тымныйдаҕына — сайына сөрүүн, сылыйдаҕына – сайына куйаас. Тибии түстэҕинэ, от ыйыгар сөрүүн буолар. Элбэхтик кыраһалаатаҕына, өҥ сайыны күүтэллэр. Тохсунньуга тымныы хам тутар, сэтэриир. Ити эрээри, хонон турдах ахсын халлаан сылыйан эрэрэ, күн уһаан иһэрэ биллэр буолар.
© edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/tohsunnu-yjbyt-bite-bilgete-uonna-belie-k-nnere/
Если вам понравилась статья, не забудьте нажать на сердечко

