- 28.11.2024
- 198
- нет
Олоҥхо декадатын чэрчитинэн, сэтинньи 28 күнүгэр Көбөкөн нэһилиэгэр ОЛОҤХО ДЬЫКТААНА буолла.
Сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарар олоҥхо баай тылын- өһүн, билиини- көрүүнү кэҥэтэр сыаллаах, Олоҥхо декадатын чэрчитинэн биллэриллибит, Өрөспүүбүлүкэтээҕи «ОЛОҤХО ДЬЫКТААНА — 2024» аахсыйаҕа Көбөкөн нэһилиэгин дьоно — сэргэтэ көхтөөхтүк кытынна. Ол курдук, олоҥхо дьыктаанын уопсайа 10 киһи суруйда. Биир да сыыһата суох суруйан, «Бастыҥтан бастыҥ суруксут » үрдүк ааты ыллылар: Гоголев Гаврил Михайлович- Көбөкөн нэһилиэгин Аҕа Баһылыга, Семенова Галина Яковлевна — Көбөкөннөөҕү олохтоох администрация специалиһа, Егорова Аида Ивановна — Көбөкөн орто оскуолатын интернатын иитээччитэ, Бочкарева Евдокия Николаевна- Көбөкөн орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала, Федотова Ирина Семеновна — Көбөкөн орто оскуолатын бибилэтиэкэтин үлэһитэ, Ядрихинская Ньургуйана Анатольевна — П.П.Ядрихинскай- Бэдьээлэ аатынан сынньалаҥ киин методиһа. Маны таһынан «Бастыҥ суруксут» аат иҥэрилиннэ Гоголева Октябрина Юрьевнаҕа, Пудова Дария Кононовнаҕа, Бурнашева Надежда Ивановнаҕа уонна Лукинова Лена Николаевнаҕа. Дьыктааны аахта Көбөкөн олохтоох бибилэтиэкэтин сэбиэдиссэйэ Бочкарева Февронья Юрьевна.
«Олоҥхо дьыктаана — 2024» аахсыйаҕа кыттыбыт , көмөлөспүт бар дьоммор БАРҔА МАХТАЛ!
Если вам понравилась статья, не забудьте нажать на сердечко