- 01.03.2026
- 13
- нет
Кулун тутар – Дьөһөгөй ыйа

Кулун тутар – сааскы ый. Тымныы оҕуһа моонньоох баһа быстан баран, көхсүн түгэҕиттэн түөрт уон уораанынан, түөрт уон түөрт дьыбарынан тыынар. Ол да иһин кулун тутар тибиилээх-хаһыылаах, кубулҕаттаах.
Кулун тутарга күн уһуур, дьыбар тахсар. Ый сүүрбэтин диэки күннээх түүн тэҥнэһэллэр. Эмиэ бу бириэмэҕэ сааскы кэм маҥнайгы илдьиттэрэ – туллуктар кэлэллэр. Сахалар туллук үөрэ халыҥ буоллаҕына, кус үөрэ халыҥ буолар диэн сылыктааччылар. Ол урукку сылларга сөптөөх билгэ буолара. Билигин, кус төрүт да аҕыйаан, туллук үөрэ халыҥыттан-чарааһыттан тутулуга суох аҕыйах көтөн кэлэр.
Кулун тутардааҕы саҥа ый былыттаах халлааҥҥа таҕыстаҕына, ардахтаах сайын буолар. Сахалар саҥа ый хайдах тахсарын кэтээн көрөн, күнү-дьылы билгэлииллэрэ. Ый сытыары таҕыстаҕына – саҥа ый хаардаах, тыаллаах-куустаах, оттон өргөһө үөһэ буоллаҕына, ардаҕа-хаара суох кураан ый буолар.
Если вам понравилась статья, не забудьте нажать на сердечко

