РС (Якутия), Намский у., с. Харыялах, ул. Набережная, д. 14/1

Кобяконская сельская библиотека

Книги — это мудрость, запечатленная в словах, открывающая двери в бескрайний мир знаний.

Добро пожаловать в нашу библиотеку, где каждая страница — это новое приключение, а каждая строка — ключ к пониманию бескрайних граней жизни.

Алтынньы – Хотой Айыы ыйа

Хотой Айыы олорор дойдута – Төрдүс халлаан. Бу халлаан сып-сырдык алгыска көтөҕүллүбүт. Хотой Айыы «түрбүү кынаттаах, мултугур бүлгүннээх, хомполлубут быһыылаах, дьондоллубут сотолоох. Кини көтөр буолан көстөр дьүһүнэ итинник. Оттон киһилии киэптэннэҕинэ – суо-хаан сэбэрэлээх, дьиппиэн хааннаах эр киһи. Хотой былаастаах, тэрээһиннээх буолууну көрдөрөр. Айыылар холбоһон түмүллүбүт күүстэрэ Хотой Айыынан тахсар. Кинилэр Орто дойдуга саха дьонун санаата хайдах түмүллэрин көрө-истэ олороллор диэн өйдүүллэрэ төрүттэрбит. Хотой күүһү, былааһы бэлиэтиир. Кини дьону түмэр, сомоҕолуур, тэрийэр суолталаах. Оттон саха дьонугар түмсүү төрүтэ – көмүскэс, аһыныгас буолуу, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөһүү.

© edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/altynny-hotoj-ajyy-yja/