- 09.10.2024
- 100
- нет
Алтынньы – Хотой Айыы ыйа
Бу ыйга кыһын саҕаланар, Улуу добдурҕа буолар: сир-дойду барыта тоҥор, хаар чараас. Сүөһү хотонугар киирэр. Сахалар оһохторун күүскэ оттор, бастакы идэһэни өлөрөр кэмнэрэ. Сорох күөлгэ муус киһини уйар буолар, бастакы муҥха саҕаланар, тыа кыылларыгар сонор булда саҕаланар.
Алтынньы 14 күнүттэн Бокуруоп таҥараттан сааскы Ньукуолуҥҥа, ыам ыйын 22 күнүгэр, диэри 220 хонук баар. Дьэ, ону туоруур уустук боппуруос турар, биһиги өбүгэлэрбит ону ааҕан-суоттаан, олох мындырдарын тобулан этэҥҥэ туорууллар этэ.
Алтынньы 14 күнэ – Бокуруоп таҥара – кыһыҥҥы дьыл саҕаланыыта. Бу күнү өбүгэлэрбит дьыл кэлиитэ диэн билинэн туран, Дьыл Оҕуһа Муустаах байҕалтан тахсыытын кытта ситимнииллэр. Бокуруоп күн өбүгэлэрбит үгэстэрин тутуһан, сахалыы арыылаах алаадьынан кыстыкка киирбиппитин бэлиэтиири умнумуох тустаахпыт.
Алтынньыга кыһыны уонна кэлэр сааһы билгэлииллэр. Алтынньы 17 күнүттэн муус устар 14 күнүгэр диэри кэмнэри атахтаһыннараллар: сайын өттө уонна кыһын өттө диэн. Сайын өттө кыһын өттүн батыһар. Халлаан умайарынан кыһыҥҥыны быһаараллар. Көтөҕө түспэтэҕинэ, саас эрдэ хараарар. Кураан битэ. Күһүнэ дьогдьоот буоллаҕына, саас хойутуур. Күһүҥҥү тибиини кураан битэ дииллэр. Биир ардахтаах: сири силимниир ардах, биир хаардаах: үөк хаара (бастакы сыарҕа хаара).
Если вам понравилась статья, не забудьте нажать на сердечко