- 01.12.2025
- 20
- нет
Ахсынньы ый – Билгэ хаан айыы ыйа

Бу ыйга Үрдүк Айыылартан биирдэстэрэ Билгэ Хаан чугаһыыр. Кини кэлбит бэлиэтинэн чаҕаан диэн кыл тэрил тыаһа буолар. Сүрүн болҕомто билиигэ ууруллар. Ити иһин өйү күүһүрдэр туом оҥоһуллар. Туомҥа Сээркээн Сэһэн суолтата улахан. Кини аата-ахсана биллибэт остуоруйалаах, чабырҕахтаах, таабырыннаах.
Кини итини таһынан күнү-дьылы билгэлиир, үтүө сүбэлэри биэрэр. Өйү эрэйэр, сатабылы сайыннарар хабылык, тыксаан, дуобат курдук оонньуулардаах. Сээркээн сэһэн аам-даам тымныылаах ахсынньы ыйга биһиэхэ күүлэйдии кэлэр.Ахсынньы — саамай тымныы, хараҥа ый сыл, бүтэһик ыйын сахалар Билгэ Хаан ыйа диэн ааттыыллар.
Ахсынньы бүтэй кэм. Айылҕа бүтүннүү утуйар. Сулустар сипсиһэр кэмнэрэ. Оннук кэмҥэ киһи билгэтэ күүһүрэр. Ол иһин былыргы сахалар балаҕаҥҥа хаайтаран олорон, олоҥхону, остуоруйаны истэллэрэ, таабырыннаһаллара, чабырҕахтаһаллара. Киһи өйө-санаата сытыырхайар, куйаар урсунунан, халлаан хаттыгаһынан айанныыр.
https://www.sakhaparliament.ru/uopsastiba/18803-akhsynny-yj-bilge-khaan-ajyy-yja
Если вам понравилась статья, не забудьте нажать на сердечко

